wtorek, 10 grudnia 2019

ЎЎЎ Аўгуст Ягораў. "Няхай супакоіцца твая якуцкая душа..." Койданава. "Кальвіна". 2019.



    Август Егоров
                                             «ПУСТЬ  УСПОКОИТСЯ  ТВОЯ  ДУША…»
… 2 марта 1944 года. Линия фронта под Витебском. Рядом с деревней Шабуни располагались окопы фашистов, а в 800 метрах — траншеи советских солдат.

    Призванный из Якутии Иван Тигиляхов вот уже третий месяц воюет на передовой, но и среди крови, смерти снилась ему по ночам далекая родина. А однажды солдат увидел во сне своих маленьких сыновей, которые протягивали ему любимые горячие оладушки. Проснувшись от громкого взрыва снаряда, он подумал тогда про себя, что с родными все в порядке, раз приснился такой прекрасный сон.
    Передали приказ командира полка: «Уничтожить фашистский дзот!», и группа из четырех человек под командованием сержанта Тимошина, в том числе Иван, под сильным обстрелом противника направилась в сторону врага. Один почти сразу подорвался на мине, другой погиб от пули. Вокруг стоял нескончаемый грохот, воздух был пропитан гарью пороха и пылью… Когда уцелевшие солдаты почти доползли до дзота, Иван, прикинув расстояние, понял, что пора, и, приподнявшись, швырнул туда гранату. В этот момент что-то очень сильное ударило в его грудь, перехватило дыхание, а перед глазами вдруг возникло заплаканное лицо любимой жены: «Ты должен вернуться живым. Буду очень ждать…», потом мелькнули фигуры семерых его детишек, родни, а затем все погрузилось во мрак…
…Так я представил себе гибель моего деда Ивана Егоровича Тигиляхова. На самом деле никто не знает, как именно он погиб. Бабушке, Тигии Майе, сообщили, что он без вести пропал, и только к концу 70‑х годов благодаря историку сельской школы села Акана Нюрбинского района Г. И. Васильеву и краеведу И. А. Анисимову мы узнали, что наш дед пал в бою на белорусской земле, под деревней Шабуни, и похоронен в братской могиле.
    Два года назад первым из нас почтил память деда наш брат Иван Егоров. Будучи в Санкт-Петербурге на курсах повышения квалификации, он выехал в Белоруссию, навестил большую братскую могилу близ села Бабиничи, которая находится в 2 км от села Шабуни. В год юбилея Великой Победы в жаркие июльские дни, мы, шестеро человек из числа родственников, съездили в Белоруссию, чтоб отдать почести отцу, деду и положить на могилу горсть родной земли, взятой из усадьбы, где он жил …
    Во время этой памятной поездки мы в первую очередь посетили столицу Белоруссии город Минск, где находится один из трех крупнейших музеев, посвященных Великой Отечественной войне. В суровые годы войны в Белоруссии погибло более 2 млн человек — почти каждый третий. При освобождении Белоруссии погибло более 1 млн солдат, из них около 700 человек из Якутии. Вообще белорусский народ свято чтит то суровое военное время и память тех, кто отдал свои жизни за светлое будущее. Местные жители, узнав, с какой миссией мы прибыли, всегда оказывали знаки внимания и изъявляли свою добрую волю в оказании какой-либо помощи.
    На следующий день прибыли в деревню Бабиничи Витебского района Витебской области Белоруссии. Нас радушно встретила сотрудница сельсовета Татьяна Николаевна Ситникова, предложила зайти, напоила чаем, поведав о визитах родственников тех солдат, чей прах покоится здесь. Поисковые работы, сказала она, ведутся по сей день. Показала документацию, которая хранится в сельсовете, список воинов, захороненных в братской могиле, и акт перезахоронения, состоявшегося 10 июня 1964 года. По сведениям, приведенным в нем, из 30 братских могил под деревней Шабуни были подняты останки 127 солдат. В этом списке рядовой Тигиняхов Иван Егорович числился под номером 51. Может, в армейском документе либо солдатском медальоне допущена ошибка, и вместо «Тигиляхов» фамилию записали как «Тигиняхов», поэтому на плите братской могилы выбито именно «Тигиняхов»? Но суть не в этом, главное — мы узнали, где и когда погиб наш дед, где покоятся его останки. В документе совпадают имя, отчество и дата рождения, а фамилия Тигиляхов — наша родовая, ее не спутаешь с другими.
    Затем мы посетили музеи управления образования Витебского района и местной школы, подарив привезенные с нашей родины книги, фотографии дедушки и бабушки, статьи о них, якутскую утварь в виде чорона, кытыйа, дэйбиир и сувениры. Потом отправились в Шабуни.
    К нашему великому счастью, нам довелось встретиться и поговорить с 78‑летним местным жителем Владимиром Ивановичем Яковлевым, который 12‑летним мальчишкой был свидетелем тех страшных боев. Он как раз собирался доить своих коров, но, узнав о цели нашего визита, любезно согласился проводить нас до места, где погиб и был захоронен наш дед, ведь никто кроме него не знал местонахождение тех солдатских захоронений 1944 г. Половину пути мы ехали на машине, затем прошлись пешком. Как нам рассказал Владимир Иванович, именно здесь проходила линия фронта.
    «Фашисты никак не хотели сдавать свои позиции, держались до упора. Более полугода тут шли кровопролитные бои. Минометы, артиллерия, танки и даже самолеты… Сейчас некоторые знатоки говорят о том, что немцы под Витебском потеряли больше военной техники, чем на Курской дуге. Но потерь было очень много с обеих сторон, а после войны здесь долго ничего не росло, пустынные были места,— вспоминал Владимир Иванович.— Артиллеристов, танкистов, пехоту хоронили в отдельных братских могилах, а летом 1964 года перезахоронили в отдельных гробиках в Бабиничах».

    Мы стояли на земле, где погиб наш дед, под деревьями, которые он видел последний раз, и молча слушали рассказ старожила из Шабуни. Поблагодарив Владимира Ивановича, поехали дальше, в Бабиничи. Добравшись до места, где покоится наш дед, выполнили положенный по якутскому обычаю обряд, положили привезенные с собой якутские оладушки. Лежа в холодном сыром окопе, наш родной человек, наверное, не раз тосковал по аромату свежеиспеченных, горячих оладьев… «Дорогой отец, дедушка, отведай родную еду… Перед тобой стоим мы, твои сыновья Василий и Иван, наши дети и внуки. Почитаем и кланяемся тебе, отец… Ты, выполняя свой долг, погиб здесь, вдалеке от родной земли, но мы тебя всегда помним и любим. Привезли сюда горсть земли с твоей усадьбы. Пусть успокоится твоя одинокая, встревоженная душа, пусть маленькая, но родная земля будет для тебя вечной колыбелью…»
    В заключение хочется поблагодарить за теплый прием ведущего специалиста Бабиничского сельсовета Витебского района Татьяну Николаевну Ситникову, уважаемого старожила Шабуни Владимира Ивановича Яковлева, нашего земляка, ныне жителя Минска Андрея Манько. Отдельное спасибо за мудрые советы нашей уважаемой Эдьиий Доре.
    Почтить память отца и деда — это наш святой долг. И у нас на душе полегчало от того, что священный долг мы с честью выполнили. Пусть земля белорусская будет ему пухом…
    Якутск — Минск — Якутск.
    /Якутия. Якутск. 12 августа 2010. С. 2./
                                                                            ******

                                                                     Улуу Кыайыы

                                                     Э´эбит сырдык аатыгар сµгµрµйэн...


    ...1944 c. кулун тутар 2 күнэ. Белоруссия Витебскэй куоратын анна. Шабуни дэриэбинэ аттынан — халабырдьыт-фашистар окуопалара, оттон утары — сэбиэскэй саллааттар траншеялара. Саха уола Уйбаан Тигиилээхэп Белоруссияны босхолуур иһин уоттаах, кырыктаах сэриигэ сылдьыбыта 3-с ыйыгар барда. Күн аайы утарыта сытан ытыалаһыы, хардарыта атаакалаһыы, аттыларыгар икки өттүттэн кыдыллыбыт саллааттар өлүктэрэ — инчэҕэй эттээх тулуйбат иэдээнэ... Бөлүүн дойдутугар тулаайах хаалбыт оҕолоруттан икки уола Баһылайдаах Уйбаан кэлэн: «Аҕаа, ийэбит алаадьы астаабытын аҕаллыбыт, ахтылҕаннаах аһылыккын амсай», — диэн кытыйаҕа утары уунан туралларын түһээн көрдө. Аттыгар снаряд дэлби тэппититтэн уһуктан кэллэ уонна «туох үчүгэй түүлүн түһээтим, мэктиэтигэр, кэргэним Маайа алаадьытын амсайбыт саҕа сананным, ити аата дьонум этэҥҥэ буоллахтара» диэн Айыыларга махтана санаата.
    «Буулдьа сибиниэс ардаҕынан кутар өстөөх ДЗОТ-ун суох оҥоруохха наада» диэн, бүгүн хамандыырдара сорудах туруорда. Онон сержант Тимошин салайааччылаах түөрт киһилээх бөлөх, ол иһигэр Уйбаан, буулдьа уотун аннынан фашист ДЗОТ-ун диэки сыыллылар. Аара биир табаарыстара миинэҕэ тэптэрэн, иккис уоллара өстөөх буулдьатыгар таптаран оҕуннулар. Үрдүлэринэн буулдьа тохтоло суох ыйылыыр, аттыларыгар снарядтар дэлби тэбэллэр, тула барыта буорах буруота, биир кэм кумахтаах буор бурҕаҥнаан олорор. ДЗОТ-тарыгар син чугаһаатылар. Уйбаан: «20-чэ миэтэрэни чугаһыыр киһи, кыранаата быраҕан тиэрдиэх эбит», — дии санаата да, сымыһаҕын быһа ытыран баран, сыылан барда. Чугаһаан өндөс гынаат, кыранаататын ДЗОТ диэки туһаайан кыыратан кэбистэ. Ол икки ардыгар туох эрэ кытаанах, ыарахан түөһүгэр саалынна, тыынара ыарыы түстэ, хараҕар кэргэнэ Маайа: «Хайаан да тыыннаах эргиллээр! Кэтэһиэм...», — диэн ытамньыйа-ытамньыйа ыраахха диэри батыһан испитэ, 7 оторой-моторой оҕолоро, төрөөбүт-үөскээбит Хатыытын дьоно-сэргэтэ, сирэ-уота чыпчылҕан түгэҥҥэ күлүм гынан, элэҥнээн аастылар, онтон барыта им балай хараҥа буола түстэ...
    Эһэм Тигиилээхэп Уйбаан Дьөгүөрэбис сэриигэ хайдах өлбүтүн өйбүттэн оҥорон суруйдум. Дьиҥэр, хайдах өлбүтэ биллибэт. Бастаан эбэбитигэр Тигии Маайаҕа «сураҕа суох сүттэ» диэн биллэрии кэлбит. Кэлин, 70-c сыллар бүтүүлэригэр, Акана оскуолатын кыһыл суолдьуттарын, устуоруйа учуутала Г.И. Васильев уонна Ньурба олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи И.А. Анисимов көмөлөрүнэн, биһиги эһэбит Белоруссия Шабуни дэриэбинэтин анныгар Витебскэй куораты босхолуур иһин кырыктаах сэриигэ өлбүтүн, онно бырааттыы ииҥҥэ көмүллүбүтүн билбиппит. Эһэбит көмүллэ сытар сиригэр бастаан бырааппыт, «Полярные авиалинии» хампаанньа үлэһитэ Иван Егоров иллэрээ сыл Санкт-Петербурга үөрэҕин үрдэтэ таарыйа бара сылдьыбыта. Онно эһэбит кырамтатын Шабуниттан Бабиничи сэлиэнньэтигэр улахан бырааттыы ииҥҥэ көһөрөн харайбыттарын туһунан билэн кэлбитэ.
    Аҕаларын И.Е. Тигиляхов туһунан үлэ, спорт бэтэрээннэрэ Василий Иванович уонна Иван Иванович Его¬ровтар бу курдук кэпсииллэр: «Биһиги аҕабыт Ньурба улууһун Хатыы нэһилиэгэр 1903 с. төрөөбүтэ. Ийэбит Маайа 1934 сыллаахха Малдьаҕартан Хатыыга Тэрээттэргэ кийиит буолан кэлбит. Биир сыл ыал буолан олорбуттарын кэннэ, кэргэнэ ыалдьан өлбүт. Хат хаалбыт кийииттэрин биһиги аҕабытыгар, биэс саастаах Ньукулай диэн уоллаах огдообо Тигиилээхэп Уйбааҥҥа кэргэн биэрбиттэр. Ийэбит маҥнайгы кэргэниттэн биир, биһиги аҕабытыттан сыллата биэс оҕоломмут. 1934 сыллаахха улахан кыыһа Дьэлиэнэ, онтон Баһылай, Ыстапаан, Уйбаан, Кэтириинэ уонна 1940 сыллаахха Мааса төрөөбүттэр. Аҕабыт сэриигэ барыар диэри сайынын хонууга, кыһынын сылгыһытынан үлэлээбит. Аҕыйах саҥалаах, сүрдээх үлэһит, сытыары-сымнаҕас, көнө майгылаах киһи эбит. Олус кыанар, хоһуун, сымса киһи этэ диэн билэр кырдьаҕастар кэпсиир буолаллара.
    Аҕабыт сэриигэ иккитэ ыҥырыллыбыт, бастаан — 1942 с. Хатыыттан ыҥырыллыбыт дьон биһиги ампаарбыт кэннигэр мустан барбыттар. Сэриигэ барар дьону атаарарга холкуос биир байтаһын биэни идэһэлэнэн сииргэ уураахтаабытын, аҕабыт сыһыыга сылдьар атыыр үөрүттэн атаҕынан сырсан, балтараа биэрэстэҕэ ситэн, тутан аҕалбыта диэн, эмиэ сөҕөн кэпсииллэрэ. Куоракка тиийэн сыыйыллан, дойдутугар төннөр буолбут. Онно кини Дьокуускайтан Хатыыга эт атаҕынан хааман, алта суукканан тиийбит. Атырдьах ыйыгар үгүс үрэҕи, эбэни хайдах хаайтарбакка туораан итиччэ түргэнник кэлбитэ эбитэ буолла. Ол аата, кини сууккаҕа уон түөрт көстөөх сири барар эбит. Урут убайа Уһун Дьуонаны кытары сыл аайы Дьокуускайынан, Алданынан, Өлүөхүмэнэн таһаҕас тиэйиитигэр сылдьыһан, суолун үчүгэйдик билэр буолуохтаах.
    Иккистээн 1943 с. эмиэ бэбиэскэ тутан сэриигэ барарыгар сэттэ оҕо хаалбытыттан, аас-туор олохтон сыыстаран ыалдьан, Ыстапаан сэттэтигэр, Мааса алтатыгар өлөөхтөөбүттэр. Ийэбит Маайа оҕолорун соҕотоҕун иитэн дьон оҥортообута».
    Аҕаларбыт, 70-нарын лаппа ааспыт дьон арыый да кыанар эрдэхтэринэ, от ыйыгар алтыа буолан аҕабыт, эһэбит уоттаах сэриигэ өлбүт, көмүс уҥуоҕа көмүллүбүт ытык сиригэр тиийэн, киниэхэ сүгүрүйэн, төрөөбүт сириттэн бэйэтэ туттубут, олорбут дьиэтин олоҕуттан буор илдьэн кутан, ытык иэспитин төлөөн кэллибит.
    Бастаан Минскэйгэ тиийдибит. Аан дойдуга Аҕа дойду иккис сэриитигэр аналлаах 3 улахан мусуой баарыттан биирэ манна баар. Киһи кырдьык кэрэхсиир мусуойа. Сэрии ыар сылларыгар белорустар 2,5 мөл., ол эбэтэр хас үһүс киһилэрин сүтэрбиттэр. Ол иһин, Аҕа дойду сэриитигэр өлбүт, кыттыбыт дьону сүрдээҕин кэриэстииллэр, олус махталлаахтык сыһыаннаһаллар. Көрсүбүт, кэпсэппит дьоммут бары тоҕо кэлэ сылдьарбытын билэн баран ытыктабылларын, хайҕалларын биллэрдилэр. Белоруссияны босхолуур сэриигэ 1 мөл. тахса киһи өлбүтэ, ол иһигэр — Саха сириттэн барбыт 700-чэ саллаат.
    Сарсыныгар Витебскэй уобалас Витебскэй оройуонун Бабиничи дэриэбинэтигэр тиийдибит. Сельсовет таһыгар Татьяна Николаевна Ситникова көрүстэ уонна тута сельсовекка киллэрэн итии чэйинэн күндүлээтэ. Кини Белоруссия сиригэр-уотугар өлбүт, сураҕа суох сүппүт саллааттар ааттарын тилиннэрэр, көрдүүр-булар үлэ күн бүгүҥҥэ диэри ыытылла турарын уонна билигин да урукку Сэбиэскэй Сойуус үгүс дойдутуттан аҕаларын, эһэлэрин, чугас аймахтарын ирдэһэн булан, өлбүт, көмүллүбүт сирдэригэр сүгүрүйэн баралларын туһунан кэпсээтэ. Сельсовекка баар докумуоннары — Бабиничига көмүллэ сытар дьон испииһэктэрин, Шабуни дэриэбинэҕэ көмүллүбүт саллааттар өлүктэрин Бабиничига аҕалан хат көмүү туһунан 1964 с. бэс ыйын 10 күнүнээҕи аакталарын көрдөрдө. Бу аактаҕа суруллубутунан, Шабуни дэриэбинэҕэ 30 иинтэн 127 киһи өлүгэ ылыллыбыт уонна Бабиничига кыра тус туһунан хоруопка угуллан баран хат көмүллүбүт. Ол дьон испииһэгэр биһиги эһэбит Тигиняхов Иван Егорович диэн 51-с киһинэн сурулла сылдьар. Докумуонугар, жетонугар сыыспыттара дуу, эбэтэр кэлин, хат көмөн баран суруйалларыгар алҕаһаабыттара дуу — Тигиляхов оннугар Тигиняхов буолан хаалбыт. Онон көмүллэ сытар бырааттыы иинин билиитэтигэр араспаанньата эмиэ Тигиняховынан хаалбыт. Биир буукубаны сыыспыттара улахан буолбатах, кылаабынайа — эһэбит ханна, хаһан өлбүтэ, көмүс уҥуоҕа ханна көмүллэ сытара биллибитэ буоллаҕа дии. Докумуоннарга аата, аҕатын аата, төрөөбүт сыла сөп түбэһэллэр. Уонна биһиги эһэбит Тигиляхов диэн олох тарҕамматах, биһиги эрэ аймахха баар буола сылдьыбыт араспаанньалаах буоллаҕа эбээт. Бутуйбаккын.
    Витебскэй оройуон үөрэҕириитин управлениетын уонна олохтоох оскуола мусуойдарыгар сырыттыбыт. Дойдубутуттан аҕалбыт кинигэлэрбитин, эһэбит, эбэбит хаартыскаларын, кинилэр тустарынан суруйуулары уонна саха чороонун, кытыйаны, дэйбиири «эһэбит маннык тэриллэринэн тутта сылдьыбыта» диэн бэлэх хааллардыбыт.
    Онтон Шабуни дэриэбинэҕэ тиийдибит. 12 саастаах уол сылдьан сэриини этинэн-хаанынан билбит, билигин 78 саастаах Владимир Иванович Яковлев диэн кырдьаҕас баар эбит. Тиийбиппит, ынаҕын ыары сылдьар этэ. Ол да буоллар, биһиги көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка, эһэбит өлбүт, бастаан көмүллүбүт сирин көрдөрө барарга сөбүлэстэ. Дэриэбинэттэн тэйиччи соҕус эмиэ да киэҥ хонуулаах, эмиэ да хойуу талахтаах-мастаах сиргэ тиийдибит. Владимир Иванович кэпсииринэн, манан оччолорго фронт лииньийэтэ ааһар эбит.
    «Аҕа дойду сэриитин уопсай хаамыытыгар биир улахан суолталаах кирбии буолан, фашистар туох иһин мантан барыахтарын баҕарбат этилэр. Ол иһин сыл аҥаарыттан ордук кэм устата олус кырыктаах кыргыһыылар барбыттара. Сорохтор этэллэринэн, ньиэмэстэр манна Курскай дугатааҕы сэриитээҕэр элбэх байыаннай тиэхиньикэлэрин үлтү сыстарбыттар эбит. Икки өттүттэн өлүү-сүтүү олус элбэҕэ. Өлбүт артиллеристары, танкистары, пехоталары тус-туһунан бырааттыы ииҥҥэ көмөллөрө,» — диэн кэпсии-кэпсии, көмүллүбүт сирдэрин ыйан көрдөрөр.
    — Витебскэй 1944 сыл бэс ыйын бүтүүтэ босхоломмута. Ньиэмэстэр биһигини Минскэйгэ үүрэн аҕалбыттара. От ыйын 3 күнүгэр Сэбиэскэй аармыйа Минскэйи ылбытыгар босхоломмуппут. Кэлин, 1964 сыл сайыныгар манна баар саллааттар ииннэрин хаһан, өлүктэрин тус туһунан кыра хоруоптарга угуталаан, Бабиничи дэриэбинэҕэ уопсай ииҥҥэ көмүү оҥоһуллубута, мин эмиэ онно сылдьыспытым», — диэн ытык кырдьаҕас кэпсээнин түмүктүүр.
    Биһиги эһэбит сэрии толоонугар охтубут, аан маҥнай көмүллүбүт сиригэр тиийэн, эһэбит тыыннааҕар тиһэҕин көрбүт аарыма мастарын анныгар, эһэбит сэриилэспит, хаанын тохпут Белоруссия кумахтаах буорун үрдүгэр саҥата суох чочумча соҥуоран турдубут. Онтон эһэбит хаттаан көмүллүбүт сиригэр — Бабиничига кэллибит. Дьиэбититтэн илдьэ кэлбит алаадьыбытын тэлгэтэ уурдубут, сахалыы сиэри-туому толордубут. Эһэбит барахсан сэрии кутаатын ортотугар төрөөбүт төрүт аһылыгын — алаадьытын төһөлөөх ахтан-санаан ааспыта буолуой! «Үгүс сыл-хонук ааспытын да кэннэ буоллар, сөбүлүүр аһыҥ сытын ыл дуу, ахтар-саныыр алаадьыгынан айах туппут курдук сананныбыт... Эн уолаттарыҥ Баһылай, Уйбаан уонна кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ кэлэммит, киһи буолан бу сиргэ кэлбит биир ытык иэспитин толорон, Эн сырдык ааккын кэриэстээн, Эйиэхэ сүгүрүйэн, Эн кырамтаҥ көмүллүбүт сиригэр бэйэҥ туттубут, олорбут дьиэҥ анныттан төрөөбүт дойдуҥ буорун аҕалан куттубут. Алдьархайдаах сэрии аймалҕаныгар оҕустаран, төрөөбүт түөлбэҕиттэн, дьоҥҥуттан-сэргэҕиттэн хас эмэ тыһыынча биэрэстэлээх кый ыраах сиргэ тиийэн сырдык тыыныҥ быстыбыт, кырамтаҥ хаалбыт сиригэр соҕотохсуйбут, аймаммыт дууһаҥ дойдуҥ ахтылҕаннаах илдьитин тутан, оҕолоруҥ, ыччатыҥ сылаас тыыннарын билэн, баҕар, арыый да уоскуйбута, чэпчээбитэ буолаарай?..».
    Эһэбит сырдык аатыгар сүгүрүйэн ытык иэспитин толорорбутугар күүс-көмө буолбут Белоруссия Витебскэй уобалаһын Витебскэй оройуонун Бабиничи дэриэбинэ сэбиэтин тутаах үлэһитэ Т.Н. Ситниковаҕа, Шабуни дэриэбинэ ытык-мааны кырдьаҕаһа В.И. Яковлевка, Минскэй олохтооҕо, Саха сириттэн төрүттээх Манько Андрейга уонна үтүө сүбэтинэн-аматынан көмөлөспүт сүгүрүйэр киһибитигэр Эдьиий Дораҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит.
    Ытык киһибит сырдык аатын кэриэстээн, көмүс уҥуоҕар сүгүрүйэн бэйэбит да эмиэ эгди буоллубут. Аҕабыт, эһэбит барахсаҥҥа Белоруссия буора үйэ-саас тухары сымнаҕас сыттык, сылаас тэллэх буоллун дуу...
    Август Егоров,
    Дьокуускай к.
    Хаартыска±а: Мэҥэдьэк дьоно сэриигэ бараары туран. Тураллар, хаҥастан уҥа: Тигиляхов Иван Егорович, Лазарев Александр Лазаревич. Олороллор: Петров Николай Михайлович, Лыппахов Егор Николаевич, Кангалассов Алексей Иванович.
     /Кыым. Дьокуускай. Атырдьах ыйа 5 к. 2010./





Brak komentarzy:

Prześlij komentarz